Сахалыы статустар


Хайа, буттэ дуо манан? Суруйан и7иий, табыллыах курдук.

Бу араас автордар суруйуулара. Кэр, уэрэн.

Билиэм улуу өһөспөр
Таптал истиҥ, иэйиитин.
Тутуом бобо ытыспар
Дьолум көмүс муоһатын.

*********************
Ааттаһабын, үрэйимэ
Таптыыр сүрэх күүрээнин,
Көрдөһөбүн, үргүтүмэ
Дууһам сырдык сүүрээнин

**************************
Миигинэ суох ааспыт кэмнэргин
Ирдэһэн ыйыта барбаппын,
Күн уоттаах көрсүһүү күннэрин
Күндүтүк саныыргын билэбин …

****************************

Эн суоххар хараастыы хараҥа түүнүгэр
Мунуоҕа мин санаам тулаайах хаһыыта
Эн суоххар мунчаарыы муҥутуур дириҥэр
Умсуоҕа мин иэйиим со5отох кубата …

*********************************************

Хойут сойон, таптыыр дьолбун,
Кэҕиннэриэ диэйэҕин.
Кэбис, эрэн, кэлэппэппин,
Кэрэхсэллээх бэйэҕин…


*************************
Билбэккин, доҕоруом, билбэккин
Таптаабыт сүрэх ытыырын
Күннэтэ эйигин күүтэрбин
Кэлиэҥ диэн эрэнэ саныырбын

****************************
Эн баар буолаҥҥын мин, тапталы билэбин
Эн баар буолаҥҥын мин, олоҕу да өйдүүбүн
Эн баар буолаҥҥын мин, кыраттан да үөрэбин
Эн баар буолаҥҥын мин, ыллыыбыын…

********************************
Күнүм — ыйым, тапталым анала
Сорум — муҥум, сүрэҕим аанньала
Эйигинэ суох, хайдах мин сылдьыамый
Эйигинэ суох, хайдах мин ыллыамый?

**************************************
Эйигиттэн атыҥҥа
Эрэйдэммэт сүрэ5им
Өрүү күүтэр быhыынан
Уйаҕастык нүөлүйэр! …

**********************
Көрсө түhээт долгуйан,
Үөhээ тыынан ылабын,
Этиий миэхэ биир тылла –
Дууhам олус эрэйэр!

*********************
Ып — ыраас ыралыы
Ырааттар ыраатан
Сүтүмэ, доҕоруом,
Дууһабын ытатан …

***********************
Эйигин кыыһырыа диэбэккэ
Мин эмиэ суруйан эрэбин
Сүрэхпин сүрэххэр тиэрпэккэ
Күннэтэ мин көрдүм эрэйи….

Источник: forum.ykt.ru


You May Also Like

About the Author: admind

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.